МБОУ "Верхневилюйская средняя общеобразовательная школа им. Ю.Н. Прокопьева"

ОБРАЗОВАНИЕ В УЛУСЕ



Образование в улусе: 1 стр. | 2 стр. | 3 стр. | 4 стр. | 5 стр. |


Исидор Никифорович Барахов (Иванов)

Исидор Никифорович Барахов (Иванов) (1898-1938) -
Саха Ереспуубулукэтин теруттээччилэртэн биирдэстэрэ,
XIX уйэ са5аланыытыгар биллибит судаарыстыбаннай
уонна партийнай диэйэтэл.

Терде-ууhа

1898 сыллаахха урукку аа5ыынан тохсунньу 31, аныгынан олунньу 13 кунугэр Уеhээ Булуу улууhун Харбалаа5ар суеhу иитиитинэн дьарыктанар сэниэ ыалга тереебут. А5ата Бараах уола Ньалбаахаан Микииппэр (Иванов Никифор Иванович) - дьаданы уола, бэйэтин хара кууhунэн уонна улэтинэн байбыт-тайбыт киhи. Саха биллиилээх устуоруга Е.Е. Алексеев[1] суруйарынан байарыгар ус суолу тутуспут - хаарты, сир онорон бурдук ууннэрии уонна суеhу иитиитэ. Ийэтэ Елеене Ергует нэhилиэгин Арба5астаах а5атын ууhуттан теруттээ5э. Бу ыал о5о УЕhелуулээх буолан Исидор тереебутугэр оччотоо5у сиэринэн абааhыттан куоттаран ус сыл ийэтин аймахтарыгар Баhылай На5абыыhыннаахха (Чэччэйдээххэ) Ергуеккэ ус сыл ииттэрбиттэрэ. Онтон ыалга иккис уол Дьуона тереебутэ, о5олоругар ханыы гынаары элбэх о5олоох аймахтарыттан ессе биир уолу Анньыыhыны ииттэ ылбыттара.

Уерэх

Куорамыкыга Монастырев учууталга аан бастаан уерэммитэ. Бу уерэнэр сылларыгар убайынаан Аньыыhынныын атыыhыт Дьегуер (Георгий) Батаакапка олорбуттара. Батаакаптар кыыстара Мусялыын, уоллара Серафимныын улааппыттара.

12 саастаах Исидор 1910 с. Булуу куорат начальнай училищетыгар киирбитэ. Училище 1913 сыллаахха урдуку училище стаатуhун ылбыт. 1914 с. бутэрбитэ. Бу сылларга а5ата уруккуттан билсэр атыыhыта Николай Расторгуев дьиэтигэр олорбута. Исидоры кытта оччо5о Степан Аржаков, Степан Гоголев, Николай Бубякин, Дора Жиркова, Муся Потапова, Дмитрий Очуров, Георгий Павлов, Г. А. Шадрин, А. П. Егоров, Степан Иванов о.д.а. уерэммиттэрэ. Училище дириэктэринэн Попов Иван Васильевич, оттон 1912 сыллаахтан математика уонна физика учууталынан А.Е. Кулаковскай (Ексекулээх) улэлээбитэ. П.Х. Староватов, эдэркээн Марк Жирков учууталлыыллара. 1912 с. кылгас кэмнэ нуучча тылын Сэмэн Новгородов уерэтэ сылдьыбыта.

1914 с. ахсынньытыгар уерэ5ин бутэрэн баран Расторгуевка улэлээбит. Бу сылдьан тохсунньуга Дьокуускайдаа5ы учууталлары бэлэмниир сэминээрийэ дириэктэригэр уерэххэ киирэр туhунан кердеhуу туhэрбит. Куhун Уеhээ Булуу быраабатыгар дьыаланы устааччынан улэлээбит, онтон сыылынай Т.П. Алфер субэтинэн земскэй сэтээтэл Г.Ф. Корякинна суруксутунан киирбит. Бу киhи дьиэтигэр олорбут, онтон кинини кытта 1915 с. куhун Дьокуускайга барсыбыт уонна семинариятыгар киирбит.

Сэминээрийэ5э Аммосов Максимныын, Аржаков Степанныын уо д.а. кытта, барыта 17 буолан киирбиттэрэ. Биир сыл а5а Платон Слепцов (Ойуунускай) уерэнэрэ. Уерэнэ сылдьан литератуура куруhуогар сылдьар, кэлин салайар эбит, 1917 сыл санатыгар С. Аржаковтуун Булуу землячествотын тумсуутун тэрийбиттэрэ биллэр. Оттон "Е. М. Ярославскай революционнай куруhуогар дьарыктаммыта" диэн этии билинни кэмнэ саарбахтанар. Исидор кэлин бэйэтэ суруйбутунан "1917 сыл олунньуга дылы политическай боппуруостарга биhиктээх кыhыл о5о" эбит. Баартыйа декумуеннэригэр Барахов бассабыык баартыйа чилиэнинэн 1917 сыл бала5ан ыйыттан буолбута туоhуланар.

Уустук кэм кэлэн Бараховтаах сэминээрийэни бутэрэр сылларыгар уерэхтэрэ быста-быста сал5аммыта. Ус сыллаах уерэхтэрин 1918 с. муус устарга тумуктээбиттэрэ. Бу сыл биллэрин курдук Арассыыйа5а Ектееп еребелууссуйэтэ буолан, сана былаас дойдуга кимиилээхтик хааман испитэ (триумфальное шествие - Ленин быhаарыыта). Саха сирэ сана былааhы билиммэтэ5э. Онон уларытыы куурээнигэр киирбит эдэр дьон Бараховтаах бастаанньа5а бэлэмнэнэн барбыттара, кистэлэн хаhыаты таhаараллара, сэп-сэбиргэл хомуйаллара.

Тылга сыhыаннаах улэтэ

1920-с сыллардаахха саха алпаабытын, суругун сокуонун чуолкайдааhынна, саха тылын уерэтиигэ, сайыннарыыга, урдук таhымна таhаарыыга, киниэхэ государственнай тыл анал туругун инэриини ситиhиигэ боччумнаах кылааты киллэрбитэ. Холобур, биир "Сахатытыы уонна нуучча тыла" диэн ыстатыйатыгар маннык салаалар бааллар:

  1. Сэбиэскэй государcтвенность уонна тыл
  2. Бу туhунан РКП XII сийиэhэ туох диэбитэй?
  3. Сахатытыы - бу партия сийиэстэрэ олоххо дьиннээхтик киириилэрэ.
  4. Ленин бу боппуруоска туох диэн уерэппитэй?
  5. Сахалыы суруг-бичиги сайыннарыы наада дуо?
  6. Нуучча тылын оруола уонна миэстэтэ
  7. Сахатытыы наадалаах.

Оттон "Тыллар тэн бырааптаах буолуулара" диэн ыстатыйа5а Исидор Никифорович тыллар бырааптарын, сахатытыы туhунан сиhилии суруйар, сахатытыы - нуучча тылын утуруйуу бубуолбата5ын бэлиэтиир.

1926 с. Алампаны уонна Кундэни кытта Азербайджаан киин куоратыгар Бакууга буолбут Бутун Сойуустаа5ы Туур I сийиэhигэр кыттыбыта. Манна анаан "Саха алпаабытын туhунан" диэн тезистэри суруйбута.

Экономика5а сыhыаннаах улэтэ

1923 с. онорбут дакылаатыгар тыа хаhаайыстыбатын ере кете5уу, кустарнай уонна ремесленнэй производствоны сайыннарыы, кыhыл кемуhу уонна кунду таастары хостооhун туhунан, Саха сирин бордууксуйатын онорон таhаарыыны улаатыннарыыга хаhаайыстыбаннай бэлиитикэ сурун хайысхаларын быhаарбыта.

"Саха ереспуубулукэтин промышленноhа, суола-ииhэ уонна инникитэ" диэн ыстатыйатыгар сиртэн хостонор баайдары суолу-ииhи тупсардахха толору кедьуустээхтик туhаныахха сеп диэбитэ. Иркутскайтан Уус-Кукка диэри тимир суол салаатын, Дьокуускайтан Амуурдаа5ы тимир суол Рухолово (Большой Невер) станциятыгар диэри массыына суолун бырайыактааhын уонна тутуу, Дьокуускай - Охуоскай суолун челугэр туhэрии, Елуехумэ еруhу курбэ таастартан босхолоон онон Могоча тимир суол станциятыгар тахсар туhунан боппуруостары туруорбута. 1923 сыл атырдьах ыйын 1 кунугэр Улэ уонна Обруона Сэбиэтигэр ыыппыт суругар Елуенэ ерус пароходствотын тэрийиини туруорсубута.

Бэлиитикэ

1921 сыллаахха хомуньуус баартыйа X сийиэhигэр Саха сириттэн куоластыыр бырааптаах со5отох дэлэгээт быhыытынан кыттыбыта (иккис дэлэгээт Былатыан Ойуунускай совещательнай куоластаах этэ). Бу сийиэс Москуба5а Кириэмилгэ кулун тутарга буолбута. Киин хонтуруоллуур хамыыhыйа дакылаатын, профсоюзтар улэлэрин, разверстканы продналогунан уларытыыны, омуктар ыккардыларынаа5ы сыhыаны, баартыйа сомо5о буолуутун, анархо-синдикалисткай укулуон туhунан боппуруостары дьууллээбитэ. Бу сийиэскэ Владимир Ленин кыттыбыта. 1921-1924 сс. партия губбюротун секретарынан, САССР Совнаркомун председателинэн улэлээбитэ, партия X, XII, XV сийиэстэрин дэлэгээтэ, ССРС уонна Саха сирин Киин ситэриилээх кэмитиэттэрин чилиэнэ этэ. 1926-1928 сс. партия Саха сиринээ5и баартыйа тэрилтэтин салайбыта.

1928-1933 сс. Кыhыл профессура Институтугар уерэммитэ. Ону ситиhиилээхтик бутэрэн баран Киин кэмитиэт аппараатыгар тыа хаhаайыстыбатын салаатыгар Илин Сибиир уонна Уhук Илин сиэктэрин сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ.

Репрессия

1938 с. олунньу 3 кунугэр дьэндьийэргэ уонна хаайарга НКВД-лар ордер ылбыттара. Архыыпка баар дьыала5а ол кэнниттэн 146 хонук иhигэр туох буолбута биллибэт. Бу тухары НКВД хаайыытыгар сытан "буруйун" билиммэтэх буолан доппуруос боротокуола суох диэн Е. Алексеев суруйар. Доппуруос боротокуола бэс ыйын 29 кунуттэн са5аланар. 1938 с. бала5ан ыйын 15 кунугэр диверсийэ5э, национализмна, успуйуеннээhиннэ, куор5аллааhынна буруйдаан ССРС оhуобай боломуочуйалаах урдуку байыаннай суута ытарга уурбута. Ол кун суут бириигибэрэ олоххо киирдэ диэн Барахов дьыалатыгар тигиллэн сылдьар, ол аата 40 саастаа5ар ытыллыбыта.

1956 с. алтынньы 31 кунугэр толору реабилитацияламмыта.

Дьиэ кэргэнэ

Кэргэнэ Черепанова Александра Андреевна 1901 с. теруех, Екатеринбууртан теруттээх. Ииппит уола Ким Черепанов (кэлин А5а дойду сэриитигэр елбутэ) уонна тереппут уола Ярослав (1929 с. теруех). Ярослав Исидорович Андрей уонна Людмила диэн о5олордоох. Людмила математик, программист. Андрей Ярославович Барахов билим улэhитэ, Ярослав диэн уоллаах.

По материалам WIKIPEDIA.



И.Н. Барахов

Видный партийный и государственный деятель Якутии Исидор Никифорович Барахов (Иванов) родился 31 января (13 февраля) 1898 г. в Харбалахском наслеге Верхневилюйского улуса Вилюйского округа в семье богатого скотовода. В 1914 г. окончил начальное училище.

Важной вехой в жизни молодого Барахова стала учеба в Якутской учительской семинарии. В этот период он стал заниматься в нелегальных кружках учащейся молодежи, и в кружке Е.М.Ярославского, участвовал в издании листовок на якутском языке, разъясняющих населению смысл развернувшихся в России событий. В сентябре 1917 г. вступил в большевистскую фракцию РСДРП.

Участвовал подпольной работе в Якутске. Во время установления советской власти в Якутии летом 1918 г. назначен управляющим канцелярией исполкома Якутского Совдепа, а затем вместе с А.Ф.Поповым направлен в Вилюйский округ уполномоченным по установлению советской власти. После временного поражения советской власти в Сибири и Якутии он был арестован и заключен в тюрьму.

По свержении колчаковщины И.Н.Барахов стал работать заведующим информационно-статистическим отделом и секретарем Якутского райгуббюро РКП (б), развернув организационно-политическую деятельность по восстановлению и укреплению Якутской партийной организации.

И.Н. Барахов принял участие в создании Якутской Автономной Советской Социалистической Республики. В 1921 - 1924 гг. занимал ответственные посты секретаря губбюро РКП (б), избирался делегатом X, XII, XV съездов партии, членом Западно-Сибирского крайкома ВКП (б), членом ЯЦИК и ЦИК СССР.

В годы повстанчества принимал активное участие в ее ликвидации. В 1925-1926 гг. учился в Москве на курсах марксизма-ленинизма. С июня 1926 г. по апрель 1928 г. он работал секретарем Якутского обкома ВКП (б).

Находясь на руководящей партийной и советской работе, И.Н.Барахов изучал и ставил крупные перспективные вопросы развития хозяйства и культуры республики: о научном изучении производительных сил Якутии, строительстве промышленных предприятий и транспорта, усовершенствовании письменности, развитии литературы и искусства, улучшении советской работы, деятельности кооперации и т.д.

В 1928-1933 гг. учился в Институте красной профессуры. После успешного окончания учебы был оставлен в аппарате ЦК ВКП (б) и занимал пост заведующего сектором Восточной Сибири и Дальнего Востока в отделе сельского хозяйства ЦК ВКП (б).

3 февраля 1938 г. был арестован в Москве на работе. В 1928 г., в связи с выступлением конфедералистов под руководством П.В. Ксенофонтова, обвинялся в "правом уклоне" вместе с М.К.Аммосовым и С.В.Васильевым. По обвинению предъявленному ему ОГПУ проходил как один из руководителей "буржуазно-националистической контрреволюционной организации". 15 сентября 1938 г. Военной коллегией Верховного суда СССР был осужден к высшей мере наказания. Реабилитирован 31 октября 1956 г.


Источник: Пестерев В.И. "История Якутии в лицах". Владимир Пестерев - Якутск: Бичик, 2001. - 464 с.



Образование в улусе: 1 стр. | 2 стр. | 3 стр. | 4 стр. | 5 стр. |