Они учились у наc

Выпуски 1965-1969 уч.г.г.:   1 | 2 | 3 |


О5о сааhым дьоллоох тyгэннэрэ

О5о сааhым yтyeлээх кyннэрэ, yйэ-саас тухары eйдeбyлгэ хаалбыт оскуола5а yeрэммит сылларым буолаллар. Оскуолабыт кeмyс о5о сааспыт туллар тутаа5а, инники суолбутугар суол аспыта, кынат анньан кeтyппyтэ.

Биhиги саамай yчyгэй кэмнэ, yчyгэй учууталларга атаахтаан-мааныланан да, кэмигэр мeнyллэн-этиллэн да yeрэммит дьоллоохпут. Биhиги учууталларбыт кэрэ мeссyeннээх, эйэ5эс майгылаах, кырасыабай дьон этилэр, билигин да сорохторо биhигиттэн эдэр курдуктар, аны санаатахха, кинилэр yрдyк, ыраас санаалаах, киэн кe5yстээх, дьиннээх педагог идэтин ылбыт, чахчы баhылаабыт учууталлар этилэр. Оскуола бастакы директора Кетехов Сергей Николаевич, завуч Васильев Николай Дмитриевич, учууталларбыт Емельянова Татьяна Семеновна, Аммосов Гаврил Ксенофонтович, Судинова Галина Андреевна, Барахова Ульяна Тимофеевна уо.д.а. Yгyстэрэ кэрэ, yтye eйдeбyл буолан биhиги eйбyтyгэр-санаабытыгар умнуллубаттык иннэхтэрэ. Кинилэр биhигини олоххо активнай, кeхтeeх буоларга эмиэ yeрэппиттэрэ: пионердар слеттара, комсомолецтар мунньахтара, походтар, бырааhынньыктар, концертар, спортивнай кyрэхтэhиилэр, олимпиадалар.

Мин сэттискэ yeрэнэ сылдьан комсомолга киирбитим, онно наhаа долгуйан утуйбакка тyyнy быhа Устав аа5а хоммуппун eйдyyбyн. Араас боппуруос биэрэллэр диэн, хата, онно оройуон, республика историятын олох билэн хаалбыппыт. Онтон сотору, то5о эбитэ буолла, оскуола5а комсомольскай тэрилтэ секретарын талыы буолбута. Онно педсовет миигин туруорбут, уопсай комсомольскай мунньахха туруортаран быыбардаммытым. Yeрэхпэр о5олортон ордук yeрэммэтэ5им, улахан спортсмен да буолбатах этим, онно талан кэбиhэннэр улахан эппиэтинэhи сyктэрбиттэрэ. Онон олоххо бастакы улахан хардыыны онно са5алаабытым. Дьонум, учууталларым сyрдээ5ин eйeeбyттэрэ. Билигин да умнубаппын, Татьяна Семеновна уруок кэннэ хаалларан баран, бэйэтэ да yeрбyт кeрyннээх: "Вика, эйиэхэ эрэнэбин, сырдык санаалаах, дьонно эйэ5эс-сайа5ас буоларын мантан са5аланар, кытаат, yлэлээ", - диэбитин.

Комсомольскай мунньахтарбытын, оскуола биэчэрдэрин бэйэбитигэр сyктэрэн кэбиспиттэрэ. Сyрдээ5ин тэрээhиннээхтик ыытар этибит. Мунньахтарга уоллуун-кыыстыын бары манан булууhа кэтэрбит, кыргыттар бары хара вельвет сарафан тиктэрбиппит. Мунньахпытын "Забота у нас простая…" ырыанан са5алыыр этибит. Бyтэhигэр "До5ордоhуу ырыатынан" бyтэрэр этибит. Улахан дьон курдук боччумуран олорорбутун eйдyyбyн. Онтон аны райкомол бюротыгар о5олорбун комсомолга киллэрэ илдьэр этим. Эмиэ биир улахан долгуйуу буолара. Ахсыска yeрэнэ сылдьан тыа оскуолаларын кытта суруйсан, дуогабар тyhэрсэн, куоталаhа барар этибит. Yлэбит опытын атастаhар этибит. Манна Ульяна Тимофеевна элбэхтик да секциялары, куоталаhыылары тэрийэр этэ. Ульяна Тимофеевна олох дьyeгэбит курдук буолааччы, аhа5астык санаабытын, сэкириэппитин арыйар этибит… Волейболга, баскетболга иннибитин биэрбэт этибит.

Оттон вечердэрбитин Сергей Николаевич бэйэбит тэрийэн, чаhыытын кытта быhааран ыытарбытын эрэммитэ. Аны санаатахха, ахсыс кылаас о5олоругар бyтyн оскуоланы бас билэр улахан эппиэтинэс буолааччы, онон олох бары бэрээдэк буолар эбиппит. Радиоузелтан музыканы пластинканан тыаhатан, вальстаан, танголаан, араас маассабай оонньуулары оонньоон, астынан тар5аhар буоларбыт. Радиоузелбытын Вася Васильев баhылаан-кehyлээн, радиотехниканы барытын билэр этэ. Хомойуох иhин, Вася билигин биhиги кэккэбитигэр суох.

"Чочу" ферматын кытта шефтэhэр этибит. Суббота5а, eрeбyлгэ, бырааhынньык кyннэргэ уочаратынан баран дояркалары солбуйан, хаhыат сонуннарын, республика, аан дойду сонуннарын кэпсээн сэргэхситэр буоларбыт.

Ити сыл комсомольскай yлэ5э оройуон а5ыс кылаастаах оскуолаларыгар бастаан вымпел ылан турардаахпыт.

Онон Yehээ Бyлyy а5ыс кылаастаах оскуолатыгар yeрэммит кэммит - саамай дьоллоох о5о сааhым, учууталларым барахсаттар yeрэтиилэрэ, сайыннарыылара, билиилэрэ-кeрyyлэрэ, олоххо, дьонно-сэргэ5э сыhыаннара кyн бyгyннэ дылы миэхэ eйдeбyл, оло5ум тирэ5э буолар.

Олус диэн убаастыыр, таптыыр, eйдyyр дьоммор, миигин yeрэппит учууталларбар барыларыгар бу оскуолабыт yбyлyeйдээх кyнyнэн э5эрдэлиибин, кинилэргэ истин махталбын тиэрдэбин.

Виктория Дмитриева, оскуола 1968 с. выпускницата

Нeрyeн нeргyйэбин!

Yeрэммит-иитиллибит кыhабын ахтарбар куруук о5о сааспар эргиллэбин. Оччо5о кыра кылааска биэбэйдээн, такайан а5албыт Варвара Ивановна Сергеева сырдык-ыраас мeссyeнэ субу баардыы харахпар кeстeр. Кини биhиги кылааhы кытта yс сыл устата Куду оскуола5а yлэлээн баран, тeрдyс сылыгар икки этээстээх сабыс-са?а оскуола5а сиэтэн-сирдээн киллэртээбитэ. Кыара5ас, самнархай дьиэ5э хаайтаран сыппыт о5олорго бу сырдык, кип-киэ? дьиэ yкчy дыбарыас курдуга.

Итинтэн ыла а5ыс кылаастаах оскуола5а биэс сыл устата дэлэгэйдик салгыы yeрэнэр кыахтаммытым. Варвара Ивановна Сергеева тeрдyс кылааhы бyтэттэрэн баран, биhигини барыбытын бэhискэ атаартаабыта. Сол кyнтэн букатын туспа эйгэ5э тyбэспиппит. Учуутал yксээбитэ. Предмеппит да хоточчу со5уhа.

Миигин ала-чуо со5отохтуу о5олорбуттан арааран, 5в кылааска кыбыппыттара. То5о инньэ гыммыттарын баччаанна диэри кыайан быhаара иликпин. Тeрдyс кылааhы yhэ суох yeрэммит yeрэнээччини араас тeрyeтyнэн yeрэ5и кыайбатах, yeрэххэ хаалыылаах о5олор кылаастарыгар олорпуттара. Биир сыл кинилэр кэккэлэригэр "буhан-хатан" эhиилигэр бэйэм кылааспар тeннyбyтyм. Эбиитин хас да сана до5орбун батыhыннаран а5албытым.

5в кылааска yeрэнэрбэр историк Никон Семенович наhаа сытыары сымна5ас майгыта умнубаттык инэн хаалбыт. Кини бэйэтин уруоктарыгар диафильм кeрдeрeрe. Дьэрэкээн eннeeх араас хартыыналардаа5а. Кини биирдэ да о5ону кыайа-хото мeхпyтyн, дьарыйбытын тeрyт eйдeeбeппyн. Оннук олус холку киhи быhыылаа5а. Историяны предмет быhыытынан умсугуйуум кини уруоктарыттан са5аламмыта.

Салгыы Сергей Николаевич Кетехов сыhыаныгар тохтуохпун ба5ардым. Кинини кытта ыкса билсиим eссe тeрдyс кылааска бадахтаа5а. "Eлбyт кутуйа5ынан кыргыттары куттаата" диэн yнсэн, директорга дэллэриппиттэрэ. Кутуйахпын кутуругуттан туттаран, сиргэ yктэннэрэр-yктэннэрбэт икки ардынан иккис этээскэ кабинекка а5албыттара. Онуоха Сергей Николаевич "о5ону ыыты?" диэбитин eйдyyбyн. Кутуйахпын бэйэтин солууругар бырахтарбыта уонна тeттeрy кылааспар утаарбыта. Нeнye сылыгар бэhискэ сылдьан, перемена кэмигэр сyyрэн иhэн yргyлдьy кини кабинетыгар "ааспыттаахпын". Сергей Николаевич кумаа5ытын бэрийэ олороро. Миигин бэркэ билэр киhилии "хайа, бу туохха киирдинн" диэн ыксаабыт-куттаммыт уолчааны мулук-халык ыыппыттаах. Оттон сэттис кылааска комсомолга ылыы буолбутугар Сергей Николаевич миэхэ мэктиэ суруйбута. Онон о5очоос уолу eйeeн, yeлээннээхтэрим ортотугар, педколлектив хара5ын далыгар миигин eрe тарпыта. Киниттэн историк идэтэ диэн баарын билбитим уонна кини курдук историк буолар ыраламмытым.

Бэhистэн ахсыс кылааска диэри физкультура5а Ульяна Тимофеевна Барахова yeрэппитэ. Кыаммат-хотуммат о5олорго олус харыстабыллаахтык сыhыаннаhара. О5о о5ону кyлyy-элэк, хаадьы о?осторун биирдэ да таhаартарбат этэ. Итини кытаанахтык бопсоро. Eссe черчение уруоктарын наhаа yчyгэйдик саныыбын. Маргарита Дмитриевна, били??инэн эттэххэ, бэрт демократичнай киhи этэ. "Сатаа-сатаама, уруhуйдуурга дьулус" диэн принцибынан салайтарарын бары да сeбyлyyрбyт.

Билигин … ыал а5ата буолан олорон сыаналаатахха, улахан киhи кырачаанна бэрсибит сyрэ5ин сылааhа, yтye тыла-ehe, сиэрдээх быhыыта-майгыта туохтаа5ар да кyндy эбит. Ити иhин, киhи-хара буоларбар киhилии сыhыаннаспыт иитээччилэрбэр-yeрэтээччилэрбэр eрyy нeрyeн нeргyйэбин.

А.Павлов-Дабыл, Россия журналистарын Союhун чилиэнэ

Выпуски 1965-1969 уч.г.г.:   1 | 2 | 3 |