Они учились у наc

Выпуски 1990-1994 уч.г.г.:   1 | 2 | 3 |


Ахтар-саныыр оскуолам

…Бу оскуола5а бэйэм 1966-69 сс. 3, 5-7 кылаастарга yeрэммитим, ол сылларбын наhаа yчyгэйдик саныыбын. Кыра кылаастарга yeрэппит учууталбын, Мария Петровнаны, улахан кылаастарга yeрэппит учууталларбын, Надежда Ивановнаны, Гаврил Ксенофонтовиhы, о.д.а. истинник махтана саныырым, идеал оносторум.

Ол иhин о5обун Наташаны yeрэппит учууталларбар yeрэттэрэ А5ыс кылаастаах оскуола5а кeрдeheн киллэртэрбитим. Кыра кыыhым Симаны I кылааска манна биэрбитим.

Олорор сирбитинэн кинилэр И.Барахов аатынан оскуола5а yeрэниэхтээх этилэр, ону бэрээдэги кэhэн туран yeрэппит учууталларбар баар-суох кyндy баайбын - о5олорбун, чахчы yчyгэйдик yeрэтиэхтэрэ диэн эрэнэн, кинилэр сылаас ытыстарыгар туттартаабытым. Yeрэппит учууталларым барахсаттар "сиэн yeрэнээччилэрин" yeрyyлэрин кытары ылбыттара, сыралаhан yeрэппиттэрэ.

Мин 5 кылааска биир да тyeрдэ суох кырылас биэhинэн yeрэнэн "Бэлэм буол" (билигин "Кэскил") хаhыакка "Ульянов дневнигэр" киирбитим, "Орлёнок" лаа5ырга Хара муора кытылыгар сынньанан кэлбитим. Физика5а, математика5а утумнаахтык дьарыктанар, олимпиадаларга миэстэлэhэн 8-с кылааска сана тэриллибит М.А.Алексеев физмат кылаастарыгар А5ыс кылаастаах оскуолабыттан ара5ан барбытым.

Наташа аан маннай 6 сааhыттан экспериментальнай I кылааска киирбитэ, иккис сылыгар II-с кылааска киириэхтээх этилэр да иккистээн I кылааска yeрэммитэ, онон то5ус кылаастаах оскуола5а чахчы 9 сыл yeрэммитэ. Оройуонна, республика5а ыытыллар араас олимпиадаларга - математика5а, физика5а, химия5а, биология5а, нуучча, саха, омук тылларыгар мэлдьи I, II миэстэлэри ылан оскуолатын чиэhин кeмyскээччи. Техническэй черчение5а эмиэ.

1990 с. оройуон yeрэнээччилэрин ортотугар шахматка куоталаhыыга Ситэтэ суох орто оскуолалар ыккардыларыгар кыргыттарга бастаабыта. Ити сылтан хоhоон айарга холонон барбыта, 6-с кылааска yeрэнэ сылдьан "Оскуола5а саас кэллэ!" диэн хоhоонун оскуола стенгазетатыгар суруйбута. 1991 с.-тан хоhоонноро "Yehээ Бyлyy", "Сахаада", "Кэскил" хаhыаттарга тахсан барбыттара.

Тохсус кылааhы бyтэрэригэр Бyтэhик звонокка yeрэппит учууталларыгар махтанан "yрyн" хоhоонунан тыл эппитэ. Оскуолатын туйгуннук yeрэнэн бyтэрбитэ. Бу сыл музыкальнай оскуола художественнай кылааhын эмиэ бары предметтэрин туйгуннук yeрэнэн бyтэрбитэ.

Оройонна ыытыллар прикладной искусство выставкаларыгар мэлдьи ситиhиилээхтик кыттыбыта. Бэйэтэ сахалыы илин-кэлин кэбиhэри чэпчэки матырыйаалтан илиитинэн онорон оройуон ыhыахтарыгар сахалыы танаhы пропагандалаабыта биhирэммитэ.

Наташа бу оскуола кэнниттэн И.Барахов аатынан орто оскуола5а yeрэ5ин сал5аабыта. Орто оскуоланы эмиэ туйгуннук yeрэнэн Кыhыл кeмyс медалынан бyтэрбитэ. СГУ биолого-географическэй факультетыгар туттарсан киирбитэ. Билигин кэтэхтэн yeрэнэр уонна Муома улууhугар Хонуу оскуолатыгар учууталлыыр. Yрдyкy кылаастарга химия, биология уруоктарын биэрэр, классоводтуур. Учууталлар ыккардыларыгар ыытыллыбыт Ийэлэр конкурустарыгар бастаабыта.

Ыраах да сырыттар мэлдьи yeрэппит учууталларын, бииргэ yeрэммит о5олорун туоhулаhар. Мин Ороhуга нэhилиэк библиотекатыгар библиотекарынан yлэлиибин. Кыралаан хоhоон, кэпсээн суруйабын. Yeрэммит оскуолам … yбyлyeйyнэн yeрэтээччилэри уонна yeрэнээччилэри, yлэhиттэри - барыларын э5эрдэлиибин! Барыгытыгар бары yчyгэйи ба5арабын: yлэ5итигэр, yeрэххитигэр - ситиhиилэри, дьолу, доруобуйаны!

Уонна урут yeрэнэ сылдьыбыт о5олоргут, сиэннэргит ааттарыттан учууталларбар анаан хоhоон бэлэхтиибин.

О5о сааhын учуутала
О5о сылдьан хаhан да
Олох санаан ылбаккын,
О5о сааhын хайдах да
Тeннyбэтин билбэккин.
Оскуоланы бyтэртин
Отут сыла да ситтин
О5онньор, эмээхсин дэтиэн
Олох тиийэн бу кэллин.
	Учууталгын кeрсe тyhyeн -
	О5о сааскын кeрсyhyeн!
О5о сааhын учууталлара
О5о сааскар хааллахтара…
О5о сааскын санаатаргын
Ахтан кэлиэн учууталгын.
Араас сыллар ааhаллар,
Элбэх хаардар ууллаллар,
Кыраларын улааталлар,
Кырдьаллар учууталлар.
	Кeрсe тyhyeн учууталгын -
	Санатыан эдэр сааhын.

ТОБОХОВА Елизавета Серафимовна, оскуола 1966-69 сс. yeрэнээччитэ,
СЛЕПЦОВА Наталия Петровна,
1991 с. выпускнига

Выпуски 1990-1994 уч.г.г.:   1 | 2 | 3 |